Page 162 - Саха тыла 5 кылаас
P. 162
Сахаҕа ханыыта суох бүтүүлээх тыллар сэргэстэ-
һэр дорҕооннорун ыккардыгар кыбытык аһаҕас дор-
ҕоон этиллэр да буоллаҕына, тыл олоҕо сыһыарыы
иннигэр уларыйбат: зубр — зубру, рефлекс — реф-
лекскэ, диаметр — диаметрга.
295. Үөһэ этиллибит быраабылаҕа сигэнэн холобурда
бул. Табаарыстаргын кытта күрэхтэс.
Тыл олоҕун бүтэһик -ф дорҕооно аһаҕас дорҕоо-
нунан саҕаланар сыһыарыы эбиллиитигэр -б буолар.
Холобур: географ — геограбы, томограф — томогра-
бы.
Тыл олоҕун бүтэһик -в дорҕооно сыһыарыы эбил-
лэригэр уларыйбат: Сивцев — Сивцеви, Николаев —
Николаевы.
Нууччалыы -кт, -пт, -фт, -хт бүтүүлээх тыллар
уларыйалларыгар тиһэх (иккис) дорҕоонноро түһэр,
онтон хаалбыт -к, -п, -ф, -х дорҕооннор сыһыарыы
аһаҕас дорҕоонун иннигэр уларыйаллар: г, б, ҕ буо-
лаллар.
Экстракт — экстрагы, хатылаа, саҥара үөрэн
эвкалипт — эвкалибы,
ландшафт — ландшабы,
Либкнехт — Либкнеҕи.
Нууччалыы -рд, -рт бүтүүлээх тыллар сахалыы -рт
бүтүүлээх тыл курдук уларыйаллар.
Аккорд — аккорду — аккорка,
Альберт — Альберды — Альберка.
162