Page 164 - Саха тыла 5 кылаас
P. 164
мы — мультфильми, взводу — взводы, шогы — шогу, уси-
лительга — усилительгэ, полюһу — полюһы, режиссёру —
режиссёры.
Нууччалыы тылга хоһулаһар (лл, тт, сс, пп) эбэтэр
сэргэстэһэр зд, рг, нг, кт, нт, ст дорҕооннорунан
бүтэр тыллар сахалыы уларыйыыларыгар бүтэһик
(иккис) дорҕоонноро түһэр.
Металл — металы — металтан Хатылаа,
киловатт — киловаты — киловакка, саҥара
прогресс — прогреһы — прогреска үөрэн
космонавт — космонавы — космонавка
хирург — хируру — хирурга
298. Көппүт сыһыарыылары эбэн суруй.
Берлин... тиийдэххэ, Дьокуускай куоракка тиийиэхпит.
Рейн... туораатахха, Өлүөнэни көрүөхпүт. 2. Фашизм...
ааттанааччы дьааттаах үүнээйини силистэри ылҕаатахха,
бу сотуун өлүү* иккиһин туруо, киһи аймах тыынын тууйуо
суоҕа. (Тимофей Сметанинтан)
62 §. Сымнатар бэлиэ түһэр
уонна түспэт түбэлтэлэрэ
Тыл бүтүүтүнээҕи сымнатар бэлиэ сыһыарыы хол-
боноругар түһэр. Холобур: егерь — егери — егергэ,
Тверь — Твери — Твергэ, латунь — латуну — латун-
тан.
-Ль дорҕоонунан бүтэр аат тыл л-тан уонна аһа-
* Сотуун өлүү — сыстыганнаах улахан ыарыы.
164