Page 167 - Саха тыла 5 кылаас
P. 167
Дэгиэ хара тыҥырахтаах,
Хараҥа түүн харахтанар
Харалҕан хаан оҕонньор,
Күнү быһа күлүккэ саһан
Утуктуу олорон тугу түһүүрүй?
(Болот Боотур)
302. Бу тыллары таһаарыы, туттуу түһүктэргэ туруор, су-
руллуутун быһаар.
Футболист, факт, космонавт, госстрах.
303. Бу тыллары туттуу түһүккэ туруор, олохторун — биир,
сыһыарыыларын икки сурааһынынан тарт. Этиилэрдэ
суруй.
Металл, бифштекс, кекс, суффикс.
304. Ыйытыыларга хоруйдаа.
1. Тыл бүтүүтүгэр турар: п, к, х, ф дорҕооннор хайдах
уларыйалларый? Холобурдарда аҕал.
2. Ханнык дорҕоонунан бүтэр нууччалыы суруллар олох-
тоох киирии тыллар дьүөрэлэһиигэ бас бэринэллэрий?
3. Сымнатыылаах л дорҕоонунан бүтэй тыллар сыһыа-
рыы холбоноругар уларыйыыларын туһунан быраабыла-
ны этиҥ, холобурдарда аҕалтаа.
4. Икки дорҕоон хоһулаһыытынан бүтэр тыллары бул,
сыһыарыыларда эп уонна сыһыарыылаах көрүҥнэрин та
ба суруйуу туһунан быраабыланы эт.
167