Page 169 - Саха тыла 5 кылаас
P. 169
салабаар — самабаар. Балары олохтоммут быраабы-
ла быһыытынан суруйар быдан чэпчэки.
305. Кылгаабыт холбуу тыллардаах 6 этиитэ суруй.
65 §. Тылы көһөрүү
Суруйарга устуруокаҕа баппатах тыл сорҕотун
атын устуруокаҕа көһөрүллэр.
Тылы сүһүөхтэринэн арааран көһөрүллэр. Холобур:
ту-ру-йа, ха-ры-йа-лаах, хо-луо-дьас, бы-раа-бы-ла,
саа-һыт-тар, кы-рап-пыын, сыл-быр-ҕа, кэн-сиэр-бэ.
306. Быраабылаҕа бэриллибит көһөрүү холобурдарын
болҕойон көр уонна манныктары быһаар.
1. Тыл көһөр сүһүөҕэ ханнык дорҕоонтон саҕаланарый?
2. Хоһуласпыт бүтэй дорҕоон хайдах көһөрүллэрий?
3. Сэргэстэһэ турар бүтэй дорҕоон хайдах көһөрүй?
307. Үлэ, үөрэх, үүнүү диэн тыллары сүһүөхтэргэ араар. Бу
тыллары көһөрүөххэ сөп дуо?
Аҥаардас кылгас эбэтэр уһун аһаҕас дорҕоонтон,
биитэр дьуптуонтан турар сүһүөх көһөрүүгэ устуруока
бүтүүтүгэр хаалларыллыбат. Холобур, маннык көһө-
рөр сатаммат: и-тии, ии-тии, иэ-тии, ы-тыы, ыы-тыы,
ыа-тыы.
Нууччалыы суруллар киирии тыллары көһөрөргө
манныгы өйдүөххэ:
1) ь, ъ, й буукубалар инники буукубаларыттан
араарыллыбаттар. Холобур: физкуль-ту-ра, Поль-ша,
подъ-езд, май-ор;
169