Page 170 - Саха тыла 5 кылаас
P. 170

2) хас да бүтэй дорҕоон сэргэстэһиитин хайа баҕа-
       рар арааран көһөрүллэр. Холобур: мас-штаб, масш-таб.

         308. Бэриллибит тыллар сөпкө дуу, сыыһа дуу көһөрөр
                 курдук араарыллыбыттарын быһаар. Сыыһа көһө-
                 рүү тугунан сыыһатын быһаар.

    Дириэк-тэр, ар-ыы, суру-йуу, издатель-ство, из-
да-тельство, бөһүөл-эк, проф-орг, куурус-са, ат-тар, Ма-
йя, тур-уортаа, та-ас, бөр-үө, балыксы-ттар, му-ос, аты-
рдьах, а-рыы, уо-туу.

            Атын устуруокаҕа арааран көһөрүллүбэттэр:
            1) уо.д.а. (уонна да атын), о.д.а. (онтон да атын),
       а.э. (атыннык эттэххэ) диэн курдук усулуобунай
       кылгатыылар. Xолобур, маннык көһөрөр сатаммат:
       уо.-д.а.; о.д.-а., а.-э..;
            2) ССРС, ТУ-104 диэн курдук тыл бастакы буу-
       кубатынан кылгатан суруйуулар. Холобур, маннык
       көһөрөр сатаммат: СС-РС, ТУ-104.
            3) киһи араспаанньатын кытта аатын, аҕатын
       аатын кылгатан бастакы буукубатынан суруллуута.
       Холобур, И.В. Иннокентьев диэни маннык көһөрөр
       сатаммат: И.В.-Иннокентьев, И.-В. Иннокентьев;
            4) тыллары уонна сыыппаралары кытта турар кыл-
       гатыылар. Холобур, 1970 с. (сыл), Москуба к. (куо-
       рат), 10 м (миэтэрэ), 6 кг (килограмм), 5 м2 (кыба-
       дыраат миэтэрэ) диэн курдуктары маннык көһөрөр
       сатаммат: 1970-с, Москуба-к., 10-м, 6-кг, 5-м2.

         309. Тыллары көһөрөр курдук арааран саҥарыҥ.

       Холобур: бү-түн-нүү.

    Бүтүннүү кырыанан бүрүммүт Кыра Уйбаан Сүбэлии-
рэпкэ халлаан сырдыыта ойон киирбит. Чаас аҥаары-

170
   165   166   167   168   169   170   171   172   173   174   175