Page 172 - Саха тыла 5 кылаас
P. 172

Õîñ áûһààðûû: ñîðîõ òîéîííîîһóҥҥà òèýñèñ èííèíý
  өññө êèèðèè, ñàҕàëûûð ýòèè áààð áóîëàð. Àðäûãàð òî-
  éîííîîһóí êûëãàñ, 1—2 ýòèèëýýõ áóîëóîí ýìèý ñөï. Ñà-
  íûûð ñàíààíû ñàòààí ñààһûëààí ýòýð, äàêààñòûûð үөðү-
   éýõ êèһèýõý êóðóóê íààäà.

         310. Тиэкис тииптэрин быһаарыҥ, тутулларын ыры-
                 тыҥ.

    I. Бас билии малга-салга, сэпкэ-сэбиргэлгэ, ол эбэтэр
киһи тутан-хабан көрөрүгэр эрэ тарҕаммат. Киһи бас би-
лиитинэн кини билиитэ-көрүүтэ, дьоҕура-талаана, үөрү-
йэҕэ-сатабыла, тоҕоостоох идэтэ, бэл, күүһэ-уоҕа кытта
буолуон сөп.

    Ол аата, хас даҕаны үчүгэй идэлээх, эҥин-эгэлгэ үлэ
көрүҥүгэр үөрүйэхтээх, барыны бары сатыыр киһи баһаам
элбэх бас билэрдээх, этэргэ дылы, баай киһи дэниэхтээх.
Кини бу баайынан олоҕун оҥостуохтаах. Маннык баай-
даах киһи өлөн-охтон биэрбэт уонна хаһан баҕарар көҥүл
буолар, кимтэн да, туохтан да тутулуктаммат, хааччах-
таммат. Кинини «хайдах айахпын ииттэбин» диэн санаа
үүйэ-хаайа туппат. Ол иһин бу киһи ураты холку буолар.

    Үчүгэй идэ, дьоҕур-талаан, үөрүйэх-сатабыл — ханнык
баҕарар киһи бараммат-хороммот баайа-дуола. (В. Ми-
хайлов)

    II. — Оччоҕо хайдах буолабыт? — Чөрөс ытыһын нэ-
лэҥнэтэр.

    — Кэлэн иһэммин, мэйиим эргийиэр диэри толкуйдуу
сатаатым. Хата, хаһан эрэ эһэм оҕонньор уйа икки аан-
наах буолар баҕайыта диэн кэпсиирин өйдөөн кэллим.
Саарба биир аанынан былтас гыннар эрэ, нөҥүө ааны-
нан мэлис гынан хаалыллар.

172
   167   168   169   170   171   172   173   174   175   176   177