Page 168 - Саха тыла 5 кылаас
P. 168

64 §. Холбуу тыллар

           Саха тылыгар икки тылтан үөскээбит олохтоох
       тыллар бааллар. Холобур: бүгүн (бу + күн), олоппос
       (олох + мас), бүгүһүн (бу + күһүн), быһайын (бу + са-
       йын), быгыһын (бу + кыһын), быһаас (бу + саас), ык-
       кардыгар (икки + ардыгар), бугурдук (бу + курдук),
       итигирдик (ити + курдук), оҕурдук (ол + курдук), уон-
       на (ол + кэннэ).

           Маны таһынан, кинилэргэ маарынныыр нуучча
       тылыттан киирбит холбуу уонна кылгаабыт холбуу
       тыллар киэҥник туттуллаллар. Холобур: самодея-
       тельность, худрук, физрук, профком. Ол эрээри кэ-
       лиҥҥинэн маннык тыллар үксүгэр сахалыы көрүҥүнэн
       суруллаллар.

           Холобур: сопхуос (совхоз — советское хозяйство),
       холкуос (колхоз — коллективное хозяйство), хомсо-
       муол (комсомол — коммунистический союз молодё-
       жи), обкуом (обком — областной комитет).

           Кылгаабыт холбуу тыл үс араастаан үөскэтиллэр:
           1. Тыллар өлүүскэлэрэ үксүн бастакы сүһүөхтэрэ
       холбоһуутунан: педфак (педагогическай факультет),
       универмаг (универсальнай магазин).
           2. Тыл сорҕото бүтүн тылы кытта холбоһуутунан:
       агротехника (агрономическая техника), сберкасса (сбе-
       регательная касса).
           3. Тыллар бастакы буукубалара холбоһуутунан:
       КНР (Кытай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэтэ), АХШ
       (Америка Холбоһуктаах Штаттара), СӨ (Саха Өрөс-
       пүүбүлүкэтэ).
           Өрдөөҥҥүттэн киирэн сахатыйбыт холбуу тыллар
       быраабыла быһыытынан суруллаллар: пароход, те-
       логрейка, самовар. Бу тыллары сахатытан саҥарыы
       элбэх барыйааннаах: борохуот — борокуот — бору-
       куот; тэлигириэйкэ — чылыгырыайка; сылабаар —

168
   163   164   165   166   167   168   169   170   171   172   173