Page 173 - Саха тыла 5 кылаас
P. 173
— Ким билэр, быйылгы кутуйахтаах, мас көтөрдөөх
дьылга саарба кумалааҥҥа тарбачыһа сатыа дуо? Мин
хаһааспын да ситэ хаһаана иликпин. Аны кумалааммар
иккис аан оҥосто сырыттахпына, адьас да дьылга бараа
инибин, — диэн Чөрөс мунаарда.
— Чэ, бэйэҥ бил. Мин сарсыҥҥыттан үс кумалааммар
иккис аан дьөлөн көрөрүм буолуо. Дьэ ол кэннэ саарба
да буоллар, ситэ сырыттын.
(Иван Федосеев)
311. Айгылаан эдьиийэ тоҕо сэмэлээбитин быһаарыҥ.
Эппиэккит ханнык саҥа тиибигэр сөп түбэһэрий?
Айгылаан бэҕэһээҥҥи күргүөмнээх ардах кэннит-
тэн тыаҕа тахсан, тэллэй бөҕөнү үргээтэ. Логлу тардан
ыла-ыла корзинатыгар уган истэ.
— Эн хомуйбут сиргэр аны тэллэй олох үүнүө суо-
ҕа, — эдьиийэ үөрэрин оннугар сэмэлии тоһуйда.
«Тоҕо сэмэлээтэҕэй?» диэн, Айгылаан оронугар сытан
өр толкуйдаата.
(Фёдор Постников)
312. «Мин сөбүлүүр уруогум» диэн тиэмэҕэ тойонноо-
һун тиэкиһи суруйуҥ. Тойоннооһун тутулун, тиэ-
кис суруйар ыйынньыгы туһаныҥ. Хас биирдии
дакаастабылгытын саҥа апсаастан суруйуҥ.
173