Page 175 - Саха тыла 5 кылаас
P. 175
Кириллин, Кривошапкин, Колесов, Кокорин, Капито-
нов, Кымов, Корнилов, Колесников, Кирсанов, Копылов,
Капустин.
316. Дорҕоону дьүөрэлээн туттууга тыл кэрэтэ көстөрүн айым-
ньыттан дакаастаа. Өйтөн аах. Бэйэҥ эмиэ айарга холон.
... Куурбут куолайыгар силин
Кулук-халык ыйыһынна...
Куруҥ тыаҕа тахсан арай
Куйбаҥалыыр кулубаны —
Куудара баһын куоҕаппыт
Кугас куорсун кукаакыны
Кугдаҥ үөккэ харахтаата.
(Эллэй)
ТЫЛ БААЙА
Тыл баайын атыннык ЛИЭКСИКЭ дэнэр. Лиэксикэ-
ни тыл үөрэҕин салаата ЛЕКСИКОЛОГИЯ (ЛИЭКСИКЭ-
ЛИЭГИЙЭ) үөрэтэр.
Ыйытыылар уонна сорудахтар
1. Лиэксикэ диэн тугуй?
2. Тыл лиэксикэлии уонна кырамаатыкалыы суолтата диэн
тугун быһаар?
3. Элбэх суолталаах тыл биир суолталаах тылтан туох ура-
тылааҕый?
4. Көспүт суолталаах тылларга холобурда аҕал уонна бы-
һаар.
5. Омуоньум, онтуоньум, синиэньим диэн туох суолталаах
тылларый?
6. Синиэньим араас дэгэтигэр холобурда аҕал.
175