Page 180 - Саха тыла 5 кылаас
P. 180
бэримиэнэ — бэрэмиэнэ, байтаһын — баайтаһын, сурут-
тар — суруйтар, миэтэрэ — миэтирэ, хаҥкыы — хаҥкы.
ТИЭКИС
Ис хоһоонунан, тутулунан ситимнээх хас да этиини
тиэкис дэнэр.
Ыйытыылар уонна сорудахтар
1. Тиэкис диэн тугуй?
2. Тиэкис икки араас ситимин ааттаа, холобурда аҕал.
3. Тиэкискэ этиилэри ситимниир ньымалары ааттаа, холо-
бурда аҕал.
4. Тиэкис былаанын быһаар.
5. Тиэкис сүрүн санаата диэн тугуй?
328. Этиилэри сааһылаан тиэкистэ оҥор. Аатта биэр.
Онтон, доҕоор, самыыр курулаппат дуо?! Хараҥа бы-
лыт халыйан таҕыста. «Самыыр түһэрэ чугаһаата, сүүрүө-
ҕүҥ!» — диэн Сардаана хаһыытаата. Биһиги иччитэх ам-
паар иһигэр хорҕойдубут. Тулабыт суп-суугунас буолла.
Отонноох иһиппитин туппутунан, дьиэбит диэки сырыс-
тыбыт. Сотору буолаат, күүстээх тыал түстэ.
329. Үөрэнээччи суруйбутун ырыт. Туох сыыһа-халты баа-
рын быһаар.
СӨБҮЛҮҮР ДЬАРЫГЫМ
Дьонум соторутааҕыта көмпүүтэр бэлэхтээбиттэрэ.
Онно араас бырагырааманы киллэртэрбитим. Быраа-
тым миигиттэн хас да сыл балыс эрээри, былдьаһан
сүгүн оонньоппот. Ийэм: «Иккиэн бииргэ оонньооҥ», —
диир. Табаарыстарбын кытта дуобат куруһуогар эрчил-
180