Page 184 - Саха тыла 5 кылаас
P. 184

— Ол аата, суруйтарыы үчүгэй эбит.
    — «Хатан» сурунаалга эмиэ элбэх оҕо суруйтарда, — эбэн
этэбин.

              Таба суруйуу быраабылалара

    1№
    Тыл уларыйыытыгар с дорҕоон икки төгүл кылгас аһа-
ҕас дорҕоон быыһыгар утуу-субуу түбэһэр буоллаҕына,
маҥнайгыта оннунан хаалар.

    Кэс — кэһэр — кэсиһэр, тиис — тииһэр — тиисиһэр.

    2№
    Сыһыарыы түһүккэ уонна биһиэнэ, эһиэнэ диэн суол-
талаах тардыылаах халыыпка тыл олоҕун бүтүү н дорҕоо-
но ҥ, м, оттон т дорҕооно к, п буолар.

    Аан — ааҥҥа — ааммыт — ааҥҥыт, от — окко — ок-
кут — оппут.

    3№
    С, т, л, р дорҕоонунан бүтэр аат тылларга -чыт (-дьыт)
сыһыарыы эбиллэригэр дорҕооннор ардыгар хоһулаһан
иһиллэллэр.
    Маннык түбэлтэҕэ масчыт, асчыт, отчут, суолдьут,
хайыһардьыт диэн суруйуохтаахпыт.

    Мас+-чыт>маччыт; ас+-чыт>аччыт; от+ -чут>оччут;
суол+-дьут>суоддьут, хайыһар+-дьыт>хайыһадьдьыт, о.д.а.

    4№
    Нууччалыы суруллар тыл олоҕор биир эмэ кэлин аһа-
ҕас дорҕоон (а, о, у, ы) эбэтэр ё, ю, я баар буоллаҕына,
сыһыарыы аһаҕас дорҕооно ы, а буолар.

    Тепловизор — тепловизоры — тепловизорынан, универ-
маг — универмагы — универмагтан, юрист — юриһы — юрис-
тан, химия — химияны — химиянан.

184
   179   180   181   182   183   184   185   186   187   188   189