Page 186 - Саха тыла 5 кылаас
P. 186

10 №
    Нуучча тылыттан ылан туттуллар тылы таба суруйууга
маннык сүрүн ирдэбил тутуһуллар:
    1. Олохсуйбута өр буолбут, киэҥник туттуллан саха-
лыы көрүҥнэммит остуол, куорат, дьыала, бирикээс,
оскуола, сокуон, дьааһыла, ачыкы курдук, ону сэргэ саха
тылын сокуонугар дэбигис сөп түбэһэр, үөрүйэх буолбут
киэҥ туттуллуулаах автобус — оптуобус, журналист — су-
руналыыс, конкурс — куонкурус, рынок — ырыынак, сту-
дент — устудьуон, тема — тиэмэ курдук тыллар сахалыы
көрүҥүнэн суруллаллар.
    2. Наука, тиэхиньикэ, бэлиитикэ эйгэтигэр киэҥник
туттуллар уонна саха тылын сокуонугар дэбигис бас бэ-
риммэт гроссмейстер, неолит, полиграфия, фортепиано
курдук тыллар олохторо нууччалыы көрүҥүнэн суруллал-
лар.

    Х о с б ы һ а а р ы ы: маннык тыллар кэлин киэҥник
тарҕанан сахалыы туттуллар буоллахтарына, сахалыы су-
руллуохтарын сөп.

    №11 №
    Сир-дойду уонна дьон аата нууччалыы да, сахалыы
да суруллар, холобур: Япония — Дьоппуон, Алдан — Ал-
лан, Сибирь — Сибиир, Америка — Эмиэрикэ; Иванов,
Петров, Сидоров, Мария, Фёкла, Пётр, Тумусов; Уйба-
ныап, Бөтүрүөп, Сиидэрэп, Маарыйа, Сүөкүлэ, Бүөтүр,
Тумууһап.

    12 №
    Икки бүтэй дорҕоон хоһулаһыытынан эбэтэр -нт, -нг,
-ст, -зд сэргэстэһиитинэн биитэр сымнатыылаах дорҕоо-
нунан бүтэр тыллар уларыйыыларыгар бүтэһик дорҕоон-
норо эбэтэр сымнатыылара сүтэр, оттон хаалбыт дор-
ҕоон сахалыы тылга курдук уларыйар.

186
   181   182   183   184   185   186   187   188   189   190   191