Page 183 - Саха тыла 5 кылаас
P. 183
5№
Холбуу этиигэ киирэр ситим тыллаах да судургу этии-
лэр соппутуойунан араарыллаллар.
1. Дьуона мас хайытар, оттон Саргы оҕо көрөр. 2. Оҕолор
эрдэ турбуттар, арай эн хойутуу сыстыҥ. 3. Ардах ааста да,
тыал күүһүрдэ. 4. Уҥуор балыксыт кутаата көстөр уонна ыт
үрэр.
6№
Сирэй саҥа хабыычыкаҕа ылыллар уонна улахан буу-
кубаттан саҕаланар. Ааптар тылын кэнниттэн сирэй саҥа
иннигэр икки туочука турар.
Ийэбит ыйытта: «Өйүөҕүтүн ыллыгыт дуо?»
Сирэй саҥа ааптар тылын иннигэр турар буоллаҕы-
на, сирэй саҥа бүтүүтүгэр соппутуой эбэтэр ыйытыы,
биитэр күүһүрдүү бэлиэтэ турар уонна тириэ суруллар,
ааптар тыла кыра буукубаттан саҕаланар.
1. «Биһиги билигин айанныахпыт», — диэтэ аргыһым.
2. «Көрсүөххэ диэри!» — диэн оҕолор чуолкайдык хоруйдуул-
лар. 3. «Аны хаһан кэлиэххитий?» — диэн мин ыйыттым.
7№
Диалогка хас биирдии киһи саҥата саҥа устуруокаттан
суруллар уонна иннигэр тириэ туруоруллар. Ааптар тыла
баар буоллаҕына, сирэй саҥаҕа туттуллар сурук бэлиэ-
лэрэ тураллар, хабыычыка туттуллубат.
— Муус-муус, бэркин дуо?
— Муус-муус бэрдим ханна барыай.
— Муус-муус, бэрт да буолларгын, күн-күн уота тоҕо өтөрү
көрөр?
— Күн-күн бэрт буоллаҕа эбээт.
— «Кэскил» хаһыакка хас оҕо суруйтарда?
— Кылаас оҕото бүтүннүү суруйтарда?
— Кылаас оҕото бүтүннүү суруйтарда, — хап-сабар эппиэт-
тиибин.
183