Page 182 - Саха тыла 5 кылаас
P. 182
Сыһыарыы
5-с кылааска таба суруйууну үөрэтии
Сурук бэлиэтин быраабылалара
1№
Этии кэннигэр туочука, ыйытар бэлиэ эбэтэр күү-
һүрдүү бэлиэтэ турар.
1. Күн уота көрөр. 2. Эн күн тыгарын сөбүлүүгүн дуо?
3. Тоҕо кэрэтэй күн тахсара!
2№
Ситим тыла суох биир уустаах чилиэннэр соппутуойу-
нан араарыллаллар. Уонна, итиэннэ диэн ситим тыллар
баар буоллахтарына, соппутуой турбат.
1. Алаһыай, Дьааҥы, Индигиир, Халыма өрүстэр Хотугу
Муустаах байҕалга түһэллэр. 2. Саха сиригэр алмаас, кыһыл
көмүс, таас чох хостууллар. 3. Кырдьаҕастар уонна оҕолор
окко бэркэ көмөлөстүлэр.
3№
Этии саҕаланыытыгар турар туһулуу кэнниттэн соп-
путуой турар. Этии ортотугар баар туһулууну икки өт-
түнэн соппутуойунан араарыллар. Этии бүтүүтүгэр турар
туһулуу иннигэр соппутуой турар. Күүскэ этиллэр туһулуу
кэнниттэн күүһүрдүү бэлиэтэ турар.
1. Куока, күүтээр. 2. Тохтоо, Куока, барыма. 3. Күүтэ түс,
Куока. 4. Куока! Кэл.
4№
Холбуу этиигэ киирэр судургу этиилэр соппутуойунан
араарыллаллар.
1. Хараҥа түүн ааста, күн үөһэ ойдо. 2. Остуоруйаҕа дьа-
даҥы кыайар, мөлтөх — күүһүрэр, акаары — өйдөнөр, дьү-
дьэх — киэркэйэр.
182