Page 177 - Саха тыла 5 кылаас
P. 177
быт: бууру муннуттан, эһэни тэбэҕэйиттэн сиэтэ, тайаҕы
таныытыттан сиэтэ, бөрөнү бөртөлөөҕүттэн сиэтэ бар-
быт. (Остуоруйаттан)
СИИНТЭКСИС
Тыл ситимин, этиини тыл туһунан наука биир салаа-
та — СИИНТЭКСИС (СИИНТЭКСИС) үөрэтэр.
Ыйытыылар уонна сорудахтар
1. Сиинтэксис тугу үөрэтэрий?
2. Этии кырамаатыкалыы олоҕо диэн тугуй?
3. Этии ойоҕос чилиэннэрэ туох аналлаахтарый?
4. Этии араастарын, интэнээссийэтин быһаар.
5. Этиигэ сурук бэлиэтэ туох суолталааҕый?
6. Сурук бэлиэтигэр хас быраабыланы үөрэттиҥ?
320. Дьыктаан. Тиэкискэ аатта биэриҥ. Сурук бэлиэтин ту-
руоруҥ. Бэлиэтэммит этиини этии чилиэнинэн ырытыҥ.
Биирдэ ийэм киэһээҥҥи ыамыгар тахсыбыта.
Арай эмэн чобурҕатар тыас иһиллибит. Онуоха ийэм:
«Торбоһум сөллөн, эмэн эрэр быһыылаах», — дии са-
наабыт. Намыһах уҥуохтаах ынахпытын сибиинньэ-
бит оҕото эмэр эбит. Кини кэлин атаҕар турбут уонна
минньигэс баҕайытык эмэн чобурҕатар. Ийэм, ону көрөн,
дэлби күлбүт. (Н.Е. Саввинов)
321. Исхиэмэни тутуһан этиилэрдэ оҥор.
1. . 2. .
3. .... .
4. .... .
177