Page 176 - Саха тыла 5 кылаас
P. 176

317. Быһаарыылаах тылдьыт, омуоньум, онтуоньум, си-
                 ниэньим тылдьыттарыттан биири талан былааны-
                 нан быһаар.

    1. Тылдьыт аата, ааптара.
    2. Хаһан уонна ханна бэчээттэнэн тахсыбыта.
    3. Тылдьыт кимнээххэ анаммыта.
    4. Тылдьыттан биир эмэ тылы булан суолтатын бы-
һаар.

         318. Норуот айымньытын уус-уран этиилэрэ туох суол-
       талаахтарын быһаар.

    Икки хара киис атахтаһан сыппытын курдук хаастаах.
    Сир курдук симээбиттэр, тап курдук таҥыннарбыттар.
    Кыыһырбыккын кыраайга кыйдаа, уордайбыккын омук-
ка уһуутаа.
    Хатыс даҕаны устата
    Хаалсар диэни билбэттэр,
    Тэһиин даҕаны устата
    Тэйсэ түспэт эбиттэр. (Моисей Ефимов)

 319. Дьыктаан. Көспүт суолталаах тыллары, онтуоньумна-
         ры, синиэньимнэри булуҥ.

    Үчүгэй Үөдүйээн уонна Куһаҕан Ходьугур диэн ини-
биилэр олорбуттара эбитэ үһү. Арай бу бырааттыылар
утуйан баран уһуктубуттар. Үчүгэй Үөдүйээн турбут. Ха-
раҥа түүн ийэбэр хараарбытым буолуоҕа диэн, хара да-
лай уутунан хастыы анньыммыт, күөх түүн ийэбэр көҕөр-
бүтүм буолуоҕа диэн, күөх далай уутунан көҥү анньыммыт.

    Аһаабыт-сиэбит. Тыҥ хатыытын саҕана тыһы* кыыл-
лыы барбыт, үөҕүл-дьүөҕүл саҕана үөҕэс** кыыллыы бар-
быт, таҥара сарыытын саҕана*** тайах кыыллыы бар-

    * Тыһы — икки саастаах кыыл таба.
    ** Үөҕ(ҥ)эс — саҥа улаатан эрэр кыыл таба.
    *** Таҥара сарыытын саҕана — халлаан саҥардыы сырдаан эрдэҕинэ.

176
   171   172   173   174   175   176   177   178   179   180   181