Page 174 - Саха тыла 5 кылаас
P. 174

Сылы түмүктүүр хатылааһын

                                   САҤА ДОРҔООНО

            Саҥа дорҕооннорун тыл туһунан наука биир салаа-
       та — САҤА ДОР¡ООНО (ФОНЕТИКА) үөрэтэр.

            Саҥа дорҕоонун сурукка хайдах бэлиэтиири КЫРАА-
       ПЫКА (ГРАФИКА) үөрэтэр.

            Тылы сөпкө саҥарары ТАБА САҤАРЫЫ (ОРФО-
       ЭПИЯ) үөрэтэр.

                 Ыйытыылар уонна сорудахтар

           1. Саҥа дорҕоонун билэрбит туох суолталааҕый?
           2. Саха тылыгар хас аһаҕас уонна бүтэй дорҕоон баарый?
       Холобурдаа.
           3. Дорҕоон уонна буукуба туох уратылаахтарый?
           4. Алпаабыты билэрбит тоҕо нааданый?
           5. Дорҕоону сөпкө саҥарыы, сурукка бэлиэтээһин туох
       суолталааҕый?

         313. Дьыктаан. Бэлиэтэммит тыллары саҥа дорҕоону-
       нан ырыт.

    1. Күн аайы эбиллибэт билии көҕүрүүр. Сарсыар-
да эрдэ турбатаххына, күҥҥүн сүтэриэҥ, оҕо сааскар
үөрэммэтэххинэ, олоххун сүтэриэҥ. Аҕыйах тыл — мин-
ньигэс, элбэх тыл — сымсах.

 314. Үөрэнээччи алҕаһын көннөр.

    Харандаас — 9 буукуба, 9 дорҕоон. Суоппар — 7 буу-
куба, 5 дорҕоон. Үөрүү — 5 буукуба, 3 дорҕоон.

         315. Кылааска К буукубаттан саҕаланар араспаанньа-
       лаах оҕолору алпаабытынан испииһэктээҥ. Түргэнник
       оҥорорго күрэхтэһиҥ.

174
   169   170   171   172   173   174   175   176   177   178   179