Page 178 - Саха тыла 5 кылаас
P. 178
322. Тиэкискэ аатта биэр. Диалог халыыбынан суруй.
Биһиги чахчы муммуппутун биллибит. Барабыт, бара-
быт — бараммат хаар силлиэ, дибилгэн тыал. Ира тох-
тоото. Мин киниэхэ ыкса турдум. Кыыс уйан, ытыа дии
санаатым. Ира ытаабат. Күүскэ сибигинэйэр муннубут.
Хайдах буолабыт? Олоруох... Тыал астыа. Олорор сатам-
мат, хаамыах. Ханна барабыт? Мээнэ туундараҕа тахсан,
өлүөхпүт. Биир сиргэ олоруох Ира. Олорор сатаммат.
Хаамыах диир Ира. Мин билэбин. Хаамабыт. Ира тугу
билэрий? Кини олохтоох кыыс, туундараҕа улааппыта.
(Николай Габышев)
ТЫЛ САСТААБА. ТАБА СУРУЙУУ
Ыйытыылар уонна сорудахтар
1. Тыл олоҕун уонна сыһыарыыларын билии туох суол-
талааҕый?
2. Аат тыл олоҕун хайдах булуохха сөбүй?
3. Туохтуур олоҕун хайдах булуохха сөбүй?
4. Алпаабыты билии таба суруйууга туох оруоллааҕый?
5. Нуучча тылыттан киирбит тылы таба суруйууну быһаар.
! Морполуогуйа икки салаалаах: тыл састааба уонна саҥа
чаастара. Саха тылыгар тыл олоҕо уонна сыһыарыылара тыл
састаабын үөскэтэллэр.
323. Тиэкискэ аатта биэр. Бэлиэтэммит тыллартан тыл оло-
ҕун, сыһыарыытын бул. Бүтэһик этиини этии чилиэ-
нинэн ырыт.
Киргиэлэй — бөһүөлэк аатырбыт булчута. Уолун кыра-
тыттан булка үөрэппитэ. Куочук ол иһин бултуурун олус
сөбүлүүр. Киискэ, кырынааска хапхаан иитэр, куобахха
туһахтыыр. Аҕыйах хонуктааҕыта биир хапхааныттан
178