Page 185 - Саха тыла 5 кылаас
P. 185
5№
Нууччалыы суруллар тыл олоҕо наар илин аһаҕас дор-
ҕооннордоох (э, и, е) эбэтэр -тель диэн сыһыарыынан бү-
тэр буоллаҕына, сыһыарыы аһаҕас дорҕооно и, э буолар.
Гений — генийи — генийдэр, преподаватель — преподава-
тели — преподавательгэ — преподавателинэн.
6№
Нууччалыы суруллар тыл олоҕун бүтэһик сүһүөҕэр у,
ю, ё эбэтэр охсуулаах о баар буоллаҕына, сыһыарыы
аһаҕас дорҕооно у, а буолар.
Парашют — парашюту — парашютунан, мазут — мазу-
ту — мазутунан, полюс — полюһу — полюһунан, Бекренёв —
Бекренёву — Бекренёвунан.
7№
Тыл олоҕун ньиргиэрэ суох бүтэһик п, ф, к, х дор-
ҕоонноро аһаҕас дорҕоонунан саҕаланар сыһыарыы
эбиллиитигэр ньиргиэрдээх б, г, ҕ дорҕооннорго кубу-
луйаллар.
Сап — сабы, телескоп — телескобу, географ — геограбы,
балык — балыгы, синоптик — синоптигы, талах — талаҕы,
харах — хараҕы.
8№
Тиһэх ж, з, ц, ш, щ дорҕооннор аһаҕас дорҕоонунан
саҕаланар сыһыарыы эбиллиитигэр һ буолаллар.
Репортаж — репортаһы, противогаз — противогаһы, ра-
нец — ранеһы, тушь — туһу, плащ — плаһы.
9№
-рд, -рт бүтүүлээх тыллар сахалыы -рт бүтүүлээх тыл
курдук уларыйаллар.
Аккорд — аккорду — аккорка, Альберт — Альберды —
Альберка.
185