Page 187 - Саха тыла 5 кылаас
P. 187

Холобур: ватт — ваты — вакка, сержант — сержаны —
сержаҥҥа, спортинг — спортины — спортиҥҥа, турист —
туриска — туриһы, подъезд — подъеһы — подъезка (ол эрээ-
ри: фланг — флангалаах).

    Х о с б ы һ а а р ы ы: -ль дорҕоонунан бүтэр аат тыл л-тан
уонна аһаҕастартан ураты дорҕоонунан саҕаланар сыһыарыы
эбиллиитигэр сымнатар бэлиэтин сүтэрбэт, холобур: педаль —
педальга, туннель — туннельга; аһаҕас уонна л дорҕоонунан
саҕаланар сыһыарыы эбиллиитигэр сымнатыыта сүтэр: педа-
лы, педаллар, виолончель — виолончелы — виолончеллар.

    13 №
    Саха тылын курдук бүтүүлээх нууччалыы тылга эбил-
лэр сыһыарыы сахалыы суруллар.

    Микрофон — микрофоҥҥа, физик — физиккэ, лауреат —
лауреакка.

    14 №
    Тыл сүһүөҕэ буолбат бүтэй дорҕоон, уһун аһаҕас дор-
ҕоон, дьуптуон тылы көһөрүүгэ араарыллыбаттар.

    Бу курдук көһөрөр сатаммат: к-ыһыл, кыһы-л, үүттэ-эх,
ы-ал, уҥу-ох.

    15 №
    Тыл атын устуруокаҕа сүһүөҕүнэн көһөрүллэр. Сүһүөх
бүтэй дорҕооно кини кэнниттэн кэлэр аһаҕас дорҕоонтон
арахсыбат.

    Ба-рар, та-йах, ыар-ҕа, саас-кы, хо-йуу, то-то-рор.

    Х о с б ы һ а а р ы ы: аһаҕас дорҕоонтон, дьуптуонтан
турар соҕотох сүһүөх устуруока бүтүүтүгэр хаалбат. Холо-
бур, бу курдук көһөрөр сатаммат: ы-тар, аа-һыы, үө-рэх,
уо-латтар.

    16 №
    Нууччалыы суруллар тыллары көһөрөргө манныгы өй-
дүөххэ:

                                                                                                          187
   182   183   184   185   186   187   188   189   190   191   192