Page 160 - Саха тыла 5 кылаас
P. 160

289. Алҕаһы булан көннөр.

    Таһын аҥара суох буолбут илдьиркэй тэтэрээт сиргэ
сытарын көрдүм. Ото кубарыйан барбытыгар кинээс аҕа-
быкка малыыбан ыллаттарар. Илин эҥэр улуустарыгар
ардах түһүө. Сэргэхчэйдээх Бэргэнчэй икки аҥы барбыт-
тар.

        60 §. Сыһыарыылаах тыллары
                        таба суруйуу

            -Рт сэргэстэһиинэн бүтэр тыл олоҕор түһүк сыһыа-
       рыыта эбиллэригэр -т дорҕоон уларыйан, түөрт-түөр-
       тэн-түөркэ, күөрт-күөрдү-күөртэн-күөркэ, кыырт-кыыр-
       ды-кыыртан-кыырка буолар.

         290. Рт сэргэстэһиитинэн бүтэр тылларда бул. Табаа-
                 рыстаргын кытта күрэхтэс.

 ! Аһаҕас дорҕоонунан бүтэр аат олоҕор туттуу түһүк сы-
       һыарыыта соҕотох -н дорҕоонунан суруллар. Холобур:
    Саа + нан > саанан
    Сүөһү + нан > сүөһүнэн
    Быа + нан > быанан
    Буукуба + нан > буукубанан
    (сааннан, сүөһүннэн, быаннан, буукубаннан буолбат).

         291. Туттуу, тэҥнии түһүктэргэ туруор, састаабынан
                 ырыт.

    Тыы, туу, түү, тыа, кии, биэ.

160
   155   156   157   158   159   160   161   162   163   164   165