Page 155 - Саха тыла 5 кылаас
P. 155
57 §. Болдьох (усулуобунай) ирдэбил
Болдьох (усулуобунай) ирдэбил диэн, тыл сөпкө
суруллуутун быһаччы олохтоон кэбиһии ааттанар.
Саҥа дорҕоонугар да, морполуогуйаҕа да тирэҕир-
бэккэ, тустаах тыл сурукка маннык киириэхтээх диэн
чопчу быһаарар.
Сорох тыл араастаан этиллэр буолан, саҥа дор-
ҕоонун ирдэбилигэр да, морполуогуйа ирдэбилигэр
да кыайан киирбэт. Холобур: мааҕын-мааҕыан-маа-
ҥын-мааҥыын-маайын-маарыан-маарыын-маай-
дыан-баайдыан-баарыан, о.д.а.
Балартан мааҕын сурукка киирэр, атыттар киир-
бэттэр. Ол эрээри ити тыллары кэпсэтиигэ туттуохха
сөп. Уус-уран айымньыга дьоруой саҥатын-иҥэтин
чуолкайдык көрдөрөргө тутталлар.
СҮБЭ
Ñàõà òûëûãàð àðààñòûê ýòèëëýð òûë îëóñ ýëáýõ. Áó
òûëëàð áûðààáûëàҕà êûàéàí êèèðáýòòýð. Òàáà ñóðóéàð
òóһóãàð өéãө õàòààí êýáèһèëëýð.
283. Тылдьыты туһанан сөпкө суруй. Табаарыстаргын
кытта күрэхтэс.
Билисипиэт-бэлэһэпиэт-бэлэсэпиэт-билиһиппиэт-бэ-
лисипиэт. Тиһэҥэ-тиҥэһэ. Саһаҕа-саҕаһа. Тоҕоһо-тоһоҕо.
Тэриэлкэ-тэлиэркэ. Ынтах-антах. Сүһүөх-сөһүөх. Тоҥолох-
тоҥонох-тоҥунах-тоҕонох-тоҕолох-тоҕунах.
284. Дьиэҕэ үлэ. Тылдьыттан болдьох ирдэбилинэн су-
руллубут 5 тылы булан суруй. Этиилэрдэ оҥор.
155