Page 151 - Саха тыла 5 кылаас
P. 151
тарыгар туу укпут эбит. Туубутун хостоон таһаарбыппыт,
иһигэр хас да балык эймэҥнэһэ сылдьар.
— Ух, ты, элбэх чебак киирбит, доҕор. Өссө хатаалка
баар! — үөрэ түһэр Коля.
Дьэ, табылынныбыт. Ычча да, кып-кыһыл буолбут
илиитинэн балыгын биэдэрэҕэ угар. Туутун, саҥа мэҥиэ
кыбытан баран, Ясачнайга түһэрэн кэбиһэр. Бу килиэпкэ
ымсыырбыт балык эрэйдээх тууга киирэн хаайтаран хаа-
лыа турдаҕа.
Коля диэн балыксыт, инньэ гынан, эбэтин да, ыраах-
тан да кэлбит киһини бултаан-алтаан аһатар идэлээх
эбит. Кини кимий диэтэххинэ, Үөһээ Халыма ситэтэ суох
орто оскуолатыгар бэһис кылааска үөрэнэр, аата Коля
Свинобоев. Булчут, балыксыт, каратист, ийэлээх аҕатын
көмөлөһөөччүтэ. Леночка диэн нарын-намчы, кыра соҕус
чааҕыр (ол аата мааны, атаах) балтылаах.
(Наталья Томтосова, «Кэскил» хаһыаттан)
277. Бэриллибит тиэмэлэргэ эпиигирэп буолуон сөптөөх
өс хоһооннорун, бэргэн этиилэри бул, биир тиэмэ-
ни талан тиэкистэ суруй.
1. Эһэм кэриэһэ.
2. Кинигэ дойдута.
3. Эйэлээх олох туһугар.
4. Үлэһит киһи буолуом.
5. Үтүө сүбэ.
6. Муода тыйаатырыгар.
1. Сүгэ кыайбатаҕын сүбэ кыайар. 2. Үлэ киһини киэр-
гэтэр. 3. Киһини таҥаһынан көрсөллөр. 4. Кинигэ — би-
лии-көрүү төрдө. 5. Үчүгэй киһи үтүөтэ үс үйэҕэ ум-
нуллубат. 6. Аан дойдуга куһаҕантан куһаҕан — сэрии,
үчүгэйтэн үчүгэй — эйэ.
151