Page 152 - Саха тыла 5 кылаас
P. 152
278. Шараданы таай уонна таайыытын туһунан кэпсээ.
Чугас киһини
Истиҥник ааттыыр
Иһирэх тыл буолабын,
Инники аҥаарым
Айаны тулуйар
Аллаах көлө буолар.
Иккис аҥаарым
Минньигэс амтаннаах,
Сииргэ аналлаах,
Туох эрэ ...
Таай эрэ,
Ханнык тыл буоларбын.
Арпагыраапыйа ирдэбиллэрэ
Тыл үөрэҕэр таба суруйуу уонча ирдэбилэ баар.
Ханнык ирдэбил хайдах туттуллара тыл уопсай туту-
луттан, тустаах омук олохтообут үгэһиттэн, нуорматыт-
тан быһаччы тутулуктаах. Холобур, нууччалыы сурукка
морполуогуйа ирдэбилин тутуһаллар.
Сахалыы арпагыраапыйа үс сүрүн ирдэбилгэ оло-
ҕурар: саҥа дорҕоонугар, морполуогуйаҕа, болдьоххо
(усулуобунайга).
55 §. Саҥа дорҕоонун ирдэбилэ
Саха тылыгар саҥа дорҕоонун ирдэбилин сүрүн
сокуон быһыытынан тутта сылдьабыт. Саҥа дорҕоо-
нун ирдэбилэ диэн, тылы этиллиитин курдук суру-
йууну ааттанар. Аата да этэринэн, маннык суруйарга
тыл дорҕоонунан тутулун учуоттуубут. Үгүс тыл этил-
152