Page 158 - Саха тыла 5 кылаас
P. 158

59 §. Тыл олоҕун таба суруйуу.
                     Тыл олоҕунааҕы

           аһаҕас дорҕоон суруллуута

           Болдьох ирдэбилгэ хайаан да тылдьытынан сирдэ-
       тэр наада диэн өйдөөтүбүт. Ол эрээри тылы таба су-
       руйууга быраабыла диэн эмиэ баар.

           Тыл олоҕун бастакы сүһүөҕэ [о] эбэтэр [а] дор-
       ҕоонунан туспатыйан, хотуур-хатыыр, солуур-салыыр
       диэн араастык этиллэр буоллаҕына, сурукка [о] дор-
       ҕоонноох арааһа ылыллар: дойду, хотуур, солуур.

           Тыл олоҕо [ө] эбэтэр [э] дорҕоонунан туспатыйан,
       сөрүүн-сэриин, өлүөр-элиэр, мөккүөр-мэккиэр диэн
       этиллэр буоллаҕына, сурукка [ө] дорҕоонноох арааһа
       ылыллар: сөрүүн, өлүөр, мөккүөр.

           Тыл олоҕо [и] эбэтэр [э] дорҕоонунан туспатыйан,
       илии-элии, силии-сэлии, иҥиир-эҥиир, кэнники-кэн-
       нэки диэн этиллэр буоллаҕына, сурукка [и] дорҕоон-
       ноох арааһа ылыллар: илии, силии, иҥиир, кэнники.

           Тыл олоҕо [а] эбэтэр [ы] дорҕоонунан туспатыйан,
       ыйдыҥа-ыйдаҥа, антах-ынтах, халтараан-халтыраан
       диэн этиллэр буоллаҕына, сурукка [а] дорҕоонноох
       арааһа ылыллар: ыйдаҥа, антах, халтараан.

         287. Сыыһалары булан көннөр.

    Сааһыттар көлүччэҕэ уонча харыалы туруордулар.
Итилэри дурдаҕа алыс чугаһатымаҥ. Мэккиһимэҥ, би-
лэн этэбин эбээт! Уу саарыстыбатын ньадараал тойоно
муора хааһыгар тахсан, көмүс чыыннаах-хааннаах түөһүн
эмэринэ сытар үһү. Кэннэки иһэр дьон, аргыый саҥар-
сыҥ. Таһырдьа халтырхай бөҕө буолбут.

158
   153   154   155   156   157   158   159   160   161   162   163