Page 159 - Саха тыла 5 кылаас
P. 159

Тыл олоҕунааҕы бүтэй дорҕоон суруллуута

           Д-т дорҕоонноох тыллар олохторун суруйууга д
       дорҕоон туттуллар: дайбаа-тайбаа, судургу-сутургу,
       дабыдал-табытал, далаһа-талаһа, хайдах-хайтах.

           Тылга һ дорҕоон кылгас аһаҕас дорҕоонунан быы-
       саһан хатыланарыгар бастакыта с дорҕооҥҥо кубу-
       луйар: эһэ-эсэһит, сүөһү-сүөсүһүт, үһүс-үсүһүн.

           Тыл бүтүүтүнээҕи кэккэлэспит рт, лт, мп дорҕоон-
       ноох түөрт, бэрт, булт, эмп тыллар суруйуулара ула-
       рыйбат. Саҥарыллыылара эрэ түөт, бэт, бут, эм буо-
       луон сөп.

           Р уонна л дорҕооннор ньиргиэрэ суох к, п, с, т, х,
       ч уонна ньиргиэрдээх д иннигэр уларыйбаттар: ар-
       дах, бытархай, кырпай, оборчо, орто, саһархай, тал-
       кы, тэрилтэ, тэтэркэй, харчы, холку, чарпа, ылтаһын,
       эркин, булчут.

            Хос быһаарыы:
            Алчай-аччай, былчархай-быччархай, былчыҥ-быч-
       чыҥ, мүлчү-мүччү, бэгэлчэк-бэгэччэк, былчай-быч-
       чай диэн икки аҥыы этиллэр тылларга чч суруллар:
       аччай, быччархай, быччыҥ, мүччү, бэгэччэк, быччай.

         288. Алҕаһы булан көннөр.

    Доҕоор, биһигини кытта аһаһаҕын дуо? Уол бэп баҕа-
йытык хоруйдаата. Оҕуспут обоччоттон нэһииччэ таҕыс-
та. Итиччэ аҕыйах хаччыга тугу атыылаһыаҥый. Тустуук
уолбут илиитин былчыҥа бөлтөйөн таҕыста.

            Аҕабыыт — аҕабыт, аҥыы — аҥы, аҥаар — аҥар,
       миин — мин, ойуун — ойун, туораах — туорах, эҥээр —
       эҥэр, эдьиий — эдьий, эмиий — эмий диэн икки
       аҥыы этиллэр тыл олоҕор уһун аһаҕас суруллар. Хо-
       лобур: аҕабыыт, аҥыы, аҥаар, миин (эт миинэ),
       ойуун, туораах, эҥээр, эдьиий, эмиий.

                                                                                                          159
   154   155   156   157   158   159   160   161   162   163   164