Page 145 - Саха тыла 5 кылаас
P. 145

лаах сыһыанын үөскэтэр, кинини бэрээдэктиир. Мөл-
       төхтүк суруйар оҕо үчүгэйдик үөрэниэн, дойдутугар
       үрдүк таһымнаах исписэлиис буолуон сатаммат.

            4. Арпагыраапыйа төрөөбүт тыл литература нуор-
       матын олохтуурга көмөлөһөр. Таба суруйуу тыйыс ир-
       дэбилэ сурук тылын-өһүн биир сүрүннүүр.

            Онон арпагыраапыйа суолтата сүдү. Норуот култуу-
       рата сайдыытын кытта быстыспат дириҥ сибээстээх,
       уопсастыба олоҕор сүҥкэн оруоллаах.

         267. Араас кинигэттэн, сурунаалтан, хаһыаттан сыыһа
                 суруллубут түбэлтэни булан табаарыстаргар көрдөр.

 268. Таба суруйуу тылдьытын туһанан, хайата сөбүн талан
         суруй. Үс этиитэ толкуйдаа.

    Араадьыйа — радио, араскыы — араскы, аал луук
мас — Аал Луук Мас, аромат — арамаат, киэһээҥи —
киэһээҥҥи, чаһыы — чаһы, военкомат — байаҥкамаат,
балкон — болкуон, буойас — поезд, сөмөлүөт — самолёт.

    53 §. Арпагыраапыйа тылдьытынан
                     сатаан туһаныы

           Арпагыраапыйа тылдьытыгар олохторо уонна
       сыһыарыылаах халыыптара таба суруллуулаах тыл-
       лар алпаабыт бэрээдэгинэн киирэллэр.

           Арпагыраапыйа хайа да тылдьыта таба суруйуу
       быраабылаларыгар сөп түбэһиннэрэн оҥоһуллар.
       Тылдьыкка араастык этиллэр тыллар биир сөптөөх
       барыйааннарын литературнай нуорма быһыытынан
       киллэриллэр.

            Ким барыта арпагыраапыйа тылдьытынан сатаан
       тутта үөрэниэхтээх.

                                                                                                          145
   140   141   142   143   144   145   146   147   148   149   150