Page 143 - Саха тыла 5 кылаас
P. 143
этиллэр буоллаҕына, ордук киэҥник тарҕаммыта су-
рукка олохтонор. Холобур, дойду-дайды, дабытал-та-
бытал, бэрт-бэт, орто-отто, кырдьык-кирдьик, тиий-
тий диэн араастык этиллэр олохтортон бастакыта
сөптөөх, литературнай диэн сурукка туһаныллар. От-
тон иккис барыйаана кэпсэтиигэ туттуллар.
265. Табылыыссаны көрөн саҥарыы уонна суруйуу ту-
һунан түмүктэ оҥор. Үс этиитэ суруй.
Саҥарыы арааһа Суруйуу
Орто, отто Орто
Сассын, һарсын Сарсын
Барсар, бассар Барсар
Тэриттэ, тэрилтэ Тэрилтэ
Хаччы, харчы Харчы
Бытаххай, бытархай Бытархай
Түөт, түөрт Түөрт
! Арпагыраапыйа — суругу-бичиги тупсарарга аналлаах са-
лаа. Маныаха литературнай тыл сурукка киириитин быһаа-
рарыгар сүрүн өлүүскэни булуох тустаах. Оннук кээмэйинэн
тыл үөрэҕин бу салаатыгар арпагыраама буолар.
51 §. Арпагыраама
Арпагыраама (орфограмма, гректии orthos — та-
ба уонна gramma — буукуба, сахалыы таба буукуба
диэн тахсар) — хас да тылтан табатын суруйуу. Таба-
тын талыы быраабылаҕа эбэтэр үгэскэ сөп түбэһиэх-
тээх. Аата да этэрин курдук, арпагыраама туох-хан-
нык иннинэ дорҕоону бэлиэтииргэ буукубаны талыы
буолар. Холобур: отонньут — отоньньут, манньа —
маньньа; далаһа — талаһа, хайдах — хайтах диэн
143