Page 138 - Саха тыла 5 кылаас
P. 138
Тэҥнии Кимнээҕэр? Отон-нооҕор, уулусса-тааҕар,
Туохтааҕар? кинигэ-тээҕэр
! Манна таһаарыы түһүк -ттан сыһыарыыта тылы сүһүөҕү-
нэн араарарга уларыйан уу-лус-сат-тан, ки-ни-гэт-тэн
буоларын өйдөө.
258. Бэлиэтэммит туохтуурдар олохторун уонна сыһыарыы-
ларын бул. Сыһыарыылара ханнык бириэмэни, сирэйи,
ахсааны бэлиэтииллэрин быһаар.
Күн хотон кэннинээҕи мастар үрдүлэринэн эмиэ күлэ-
үөрэ тыгар. Күн баар мэлдьи мичээрдиир. Киһи аймах
киниттэн күүскэ күлэргэ, сылаастык мичээрдииргэ үөрэм-
мит буолуон сөп. Күн мичээрэ киһиэхэ олус да наада. Ол
иһин Дуунньаҕа барыта биир буолан көһүннүлэр: оҕотун
мичээрэ, оҕонньор мичээрэ уонна күн барахсан мичээрэ.
Дуунньа бэйэтэ эмиэ мичээрдии-мичээрдии, хотонугар
киирэр. (Уйбаан Нуолур)
259. Ыйытыыларга хоруйдаа.
Киир диэн туохтуур сирэйин, ахсаанын быһаар.
Туохтуур сирэйдэниитэ диэн тугу ааттыыбытый?
Кырдьаҕас, алгыс, эдэр, эйэ, ыл диэн тыллартан Кыр-
дьаҕастан алгыһын, эдэртэн эйэтин ыл диэн этии туох
атыннааҕый уонна туох көмөтүнэн оҥоһуллубутуй? Этии-
гэ сыһыарыы туох суолталаах эбитий?
49 §. Тиэкис былаана
Тиэкис үс чаастаах (киириитэ, сүрүн чааһа, түмүгэ)
буолар диэбиппит. Сүрүн чааһа үксүн хас да кэрчик
138