Page 139 - Саха тыла 5 кылаас
P. 139

тиэмэҕэ арахсар. Киириитэ уонна түмүгэ эмиэ кэрчик
   тиэмэ буолаллар.

       Хас биирдии кэрчик тиэмэни туспа ааттыахха сөп.
   Ааттыырга кылгас тиэмэ аатын курдук этии ордук та-
   быгастаах. Кэрчик тиэмэлэр ааттарын кэпсэнэр бэ-
   рээдэгинэн сааһылаатахха, былаан тахсар.

       Тиэкис киириитин — I, сүрүн чааһын — II, түмүгүн —
   III диэн римскэй сыыппараларынан бэлиэтиир ордук.

                                        ЫҺЫАХ

I. Киирии. Ыһыах — өбүгэ үгэһэ.
II. Сүрүн чааһа:

        1. Ыһыахха бэлэмнэнии.
        2. Ыһыах түһүлгэтэ.
        3. Ыһыаҕы аһыы.
        4. Өбүгэ оонньуута.
        5. Ат сүүрдүүтэ.
        6. Оһуокай — ыһыах киэргэлэ.
        7. Күнү көрсүү — айыыларга сүгүрүйүү.
III. Түмүк. Ыһыах — саха киэн туттар бырааһынньыга.

       Киирии, түмүк чааһын оннугар саҕалыыр, түмүктүүр
   эрэ этиилээх тиэкис былаанын атыннык суруйар ордук.

                                     САРДААНА
   1. Сардаана — кэрэ сибэкки.
   2. Үүнэр-чэлгийэр сирэ.
   3. Кыһыл кинигэҕэ киирбит сибэкки.
   4. Сардаананы харыстааҥ.

                                                                                                     139
   134   135   136   137   138   139   140   141   142   143   144