Page 134 - Саха тыла 5 кылаас
P. 134

Хатылааһын

           1. Этии сиинтэксис тутаах өлүүскэтинэн ааҕыллар. Да-
       каастаа.

           2. Этии тиибэ бэйэ-бэйэтиттэн сүрүн уратыта тугуй? Холо-
       буру тэҥниэххэ:

    Өйдөөх холку буоллун! — Өйдөөх — холку, үптээх —
күүстээх (Амма Аччыгыйа.) — Өйдөөх холку, үптээх күүс-
тээх буолар дуо? — Оо, өйдөөх холку, үптээх күүстээх!

           3. Бу этииттэн кырамаатыкалыы олоҕун бул:

    Саҕахтан сайыҥҥы күн субу кылбайа устан тахсан
эрэрэ. (Далан)

           4. Этии тэнийбит бэлиэтэ. Ойоҕос чилиэни булан анал бэ-
       лиэнэн тарт.

    Сэргэй, кинини күүтэ таарыйа, кырааскалаах ыска-
мыайкаҕа хам тоһоҕоломмут курдук, аһара өр олордо.
(Пётр Аввакумов)

           5. Тэнийбит этиини тэнийбэтэхтэн тугунан ордороҕунуй?
       Тэҥнээ.

    Кини бэҕэһээ төрөөбүт дойдутуттан өр күүтүүлээх су-
ругу долгуйа тутта. (Семён Никифоров) — Кини тутта.

           6. Этии биир уустаах чилиэнэ көннөрү чилиэнтэн ураты-
       лаах дуо? Бу икки этииттэн хайата биир уустаах чилиэннээҕий?

    Дьоруойдары олох, үлэ, охсуһуу үөскэтэр. (Софрон Да-
нилов) — Дьоруойдары олох үөскэтэр.

           7. Туһулуу кэпсэтиигэ киэҥник туттуллар. Биир киһиэхэ
       араастык туһуланар, холобур: тукаам, тоойуом, Аанчык,
       Аанчыгыам, чыычааҕым, көмүһүм оҕото, хотуой, кыысчаа-
       ныам, о.д.а. Туһулууга ханнык сурук бэлиэтэ туттулларын са-
       натыһыҥ.

134
   129   130   131   132   133   134   135   136   137   138   139