Page 131 - Саха тыла 5 кылаас
P. 131

сиһилии сурулуннахтарына, тиэкис ис хоһооно толо-
       ру арыллар.

           Сороҕор апсаастаах эбэтэр түмүктүүр этиитэ суох
       апсаас эмиэ баар буолар.

         252. Икки апсааһы аах. Кэрчик тиэмэни саҕалыыр
                 апсаастаах этиини эт, онтон кэлэр этиилэр туох
                 оруоллаахтарын быһаар.

    I. Үөр туруйа үс муннуктуу килииннээн көтөр. Кыр-
дьаҕастара, саамай күүстээхтэрэ, өйдөөхтөрө инники-
лээн салгыны тыырар. Бастыыр олус ыарахан. Ол иһин
кырдьаҕастар солбуһаллар. Эдэрдэр, кинилэри батыһан,
моонньуларын уһатан, атахтарын кэннилэрин диэки ты-
раччы тэбэн, тэбис-тэҥҥэ, бэрээдэктээх айанныыллар.
(Иннокентий Сосин)

    II. Туруйалар үөһэттэн ыраас уулаах үрэх баҕараҕын
көрдүлэр. Үгэстэринэн бэркэ сэрэннилэр, хаһыытасты-
лар. Чуҥнаабыттыы, баҕараҕы эргийэ көттүлэр. Куттал
суоҕун билэн, атахтарын санньыччы түһэрэн, элиэтээн,
аллара түстэр-түһэн, хомус саҕатыгар бүк сиргэ күөкэс
гына олордулар. (Иннокентий Сосин)

 253. Апсаастары аах. Апсаастаах уонна түмүктүүр этиилэри
         бул. Туох оруоллаахтарын быһаар.

    I. Даарыйа эмээхсин Микиитэлиин кыттыгас «халан-
даар» хаптаһыннаахтар. Хаптаһыннарын ортотунан сэттэ
төгүрүк үүт кэккэлэспит: ол нэдиэлэ хонуктара. Ону тас
өттүнэн отут төгүрүк үүт эргийбит: ый хонуктара. Быаҕа
баайыллыбыт икки мас хонук аайы үүттэн үүккэ сыҕа-
рыйан иһэллэр. Онон бүгүн хайа күнүн, ый хаһыс хонугун
кинилэр билэллэр, дьон кинилэртэн ыйыталаһар.

                                                                                                          131
   126   127   128   129   130   131   132   133   134   135   136