Page 132 - Саха тыла 5 кылаас
P. 132

II. Даарыйа эмээхсин — саха норуотун умсулҕаннаах
дэлэгэй тылын бастыҥ баһылыга. Кини сүрдээх элбэх
таабырыннаах, өс хоһоонноох, сэһэннээх, остуоруйалаах.
Сүрдээх элбэх диэн этэр тутах, кыайан ааҕыллыбат, ку-
руук сайда, дэлэйэ турар, бараммат баайдаах киһи.

    III. Кини туох да ааҕан сиппэт үгүс араас көрүдьүөс-
тээх, уустук хоһуйуулаах таабырыннаах. Онно кыра улаа-
тар. «Тоҕус былас ураа лаҥкыр муостаах улуу дойду
оҕуһунабын» диэччи таайыллыыта таракаан буолан хаа-
лар. Онно куһаҕан киэркэйэр. «Уу саарыстыбатын ньада-
раал тойоно муора хааһыгар тахсан, кыһыл көмүс чыын-
наах-хааннаах түөһүн имэринэ сытар үһү». Ити баҕа.

    IV. Микиитэ: «Суох, утуйа иликпин, өссө кэпсээҥ»
дииргэ дылы гынар да, саҥата иһиллибэт. Онон оргууй
күөгэлдьийдэр күөгэлдьийэн талбаарыйан барар. Онтон
куттанан ийэтин кулгааҕыттан тардар. Онуоха ийэтэ эр-
гиллэн, сылаас тыына кини сүүһүгэр охсуллар, кыайан
этиллибэт тапталлаах, сымнаҕас сытын уола билэр... Ол
уоскутар, үөрдэр, дьоллуур. Ийэтин муннун бобо тутар.
Ийэтэ тыынара кини ытыһын кычыгылатар. Онтон күлэ-
күлэ Микиитэ утуйан хаалар. (Амма Аччыгыйа)

         254. Тиэкиһи уһул. Ис хоһоонун көрөн апсааска араар.
                 Киирии уонна түмүк чааһын эмиэ апсаастан саҕа-
                 лаа.

    Былыр сахалар, аныгы «жвачка» дэлэйэ илигинэ, араас
ньыманан ыас оҥостоллоро биллэр. Улуус-улуус аайы
тус-туспа ньыма баар быһыылаах. Киин улуустарга туо-
һу уматан, сүөгэйгэ булкуйан, олус үчүгэй ыаһы оҥорол-
лоро үһү диэн буолар. Аны санаатахха, оннук ыас тиис
ыарыытыттан да харыстыыр буолуон сөп эбит. Мин дой-
дубар Усуйаанаҕа сылдьан, тиит хатырыгыттан ыас уул-

132
   127   128   129   130   131   132   133   134   135   136   137