Page 130 - Саха тыла 5 кылаас
P. 130

спорт, тустуу, киинэ, оонньуу? Аҥаардас үлэ эрэ. Кэбис!
Биригэдьиир буолбатаҕа сөп эбит. (Далан)

         251. Таабырыннары таайыҥ.

    I. 1. Тылы тыынныыр эриэккэс эйгэ баар үһү. 2. Уйул-
ҕаны уһугуннарар Уйгулаана куо буолабын. 3. Сэргэхси-
тэр кэпсээннээх Сээркээн Сэһэн буолабын. 4. Оҕолоох-
уруулаах Оҕо Чоочой баар үһү. 5. Лабаата сулламмыт
муҥур тиит баар үһү.

    II. 1. Соруннахпына, сорудахпын толорторуом диир
баар үһү. 2. Айыы аймаҕын алаһа дьиэтин туллубат ту-
лааһына буолабын дэнэр Туйгун боотур баар үһү. 3. Орто
дойдуну сибэккинэн сиэдэрэйдик симиир Сэгэйээнэ куо
баар үһү. 4. Кэпсэлэ кэрээбэт кэҕэ баар үһү. 5. Этэр
тыла эриэккэс эгэлгэлээх сорук-боллур уол баар үһү.

                         Ситимнээх саҥа

           47 §. Кэрчик тиэмэ. Апсаас

           Тиэкис тиэмэтэ бэйэтэ эмиэ хас да кэрчик тиэмэ-
       ҕэ арахсыан сөп. Оннук кэрчик тиэмэ туспа апсаас
       буолар. Апсаас үксүн кэрчик тиэмэни арыйар 4—5
       этиилээх буолар. Тэттик тиэмэ апсааһа 2—3 этиилээх
       буолуон сөп. Биир этиилээх эмиэ баар.

           Апсаас тиэкис курдук саҕалыыр этиилээх. Ол ап-
       саастаах этии дэнэр. Маннык этии үксүгэр кэрчик
       тиэмэни бэлиэтиир аҕыйах тыллаах судургу этии
       буолар. Онтон салгыы кэрчик тиэмэни арыйар, кэҥэ-
       тэр, быһаарар этиилэр кэлэллэр. Апсаас бүтэригэр
       түмүктүүр этиилээх буолар. Ол кэнниттэн кэрчик тиэ-
       мэ салҕаммат, иккиһин хатыламмат. Кэрчик тиэмэлэр

130
   125   126   127   128   129   130   131   132   133   134   135