Page 126 - Саха тыла 5 кылаас
P. 126

сир диэки көрөн турда. Аат кимий Мин дуо Эн доо
Аатым Тооппоор Суох, үчүгэй аат Үчүгэй аатым Ньукуус
Аҕа аата ким баарый Аҕам аата Дьүккүүр Нет, үчүгэй аат
Үчүгэй аат суох Хайдах сох Фамилия кимий Мин дуо Эн
доо Балыйам... Мотуруона... (Суорун Омоллоон)

         247. Остуоруйа дьоруойа буолуу. Бу быһа тардыыны
                 оруолунан үллэстэн, таба интэнээссийэлээн артыыс-
                 тыы ааҕыҥ.

    — Күн-күн, бэркиэн?
    — Күн-күн бэрдим ханна барыай.
    — Күн-күн, бэрт да буолларгын, былыт-былыт тоҕо
сабар?
    — Былыт-былыт бэрт буоллаҕа эбээт.
    — Былыт-былыт, бэркиэн?
    — Былыт-былыт бэрдим ханна барыай.
    — Былыт-былыт, бэрт да буолларгын, тыал-тыал тоҕо
үрэр?
    — Тыал-тыал бэрт буоллаҕа дии.
    — Тыал-тыал, бэркиэн?
    — Тыал-тыал бэрдим ханна барыай.
    — Тыал-тыал, бэрт да буолларгын, таас хайа тоҕо хах-
халыыр?
    — Таас хайа бэрт буоллаҕа эбээт.
    — Таас хайа, бэркиэн?
    — Таас хайа бэрдим ханна барыай.
    — Таас хайа, бэрт да буолларгын, күүдээх-кутуйах
тоҕо супту сүүрэр?
    — Күүдээх-кутуйах бэрт буоллаҕа эбээт.
    — Күүдээх-кутуйах, бэркиэн?
    — Күүдээх-кутуйах бэрдим ханна барыай.
    — Күүдээх-кутуйах, бэрт да буолларгын, куоска-куос-
ка тоҕо тутан сиир?

126
   121   122   123   124   125   126   127   128   129   130   131