Page 121 - Саха тыла 5 кылаас
P. 121

234. Аах. Сирэй саҥаны, куоласкын уларытан, арааран
                 эт. Сирэй саҥаҕа туттуллар сурук бэлиэтин болҕо-
                 йон көр уонна этии оҥкулун оҥор (а — ааптар
                 тыла, А — улахан буукубаттан саҕаланар ааптар
                 тыла, С — сирэй саҥа, мэлдьи улахан буукубаттан
                 саҕаланар).

            Толоруу холобура: 1. А: «С?»

    1. Учуутал ыйытта: «Дьиэ үлэтин бары толордугут
дуо?» 2. «Биһиги билигин барыахпыт», — диэтэ аргыһым.
3. «Мэлдьи бэлэммит!» — диэн оҕолор чуолкайдык хо-
руйдаатылар, 5. «Хаһан кэлиэхтэрэй?» — диэн мин дьом-
муттан сурастым.

           Ааптар тылын кэнниттэн сирэй саҥа иннигэр икки
       туочука турар. Сирэй саҥа хабыычыкаҕа ылыллар
       уонна улахан буукубаттан саҕаланар: А: «С».

           Сирэй саҥа ааптар тылын иннигэр турар буол-
       лаҕына, сирэй саҥа бүтүүтүгэр соппутуой эбэтэр
       ыйытыы, биитэр күүһүрдүү бэлиэтэ турар уонна ти-
       риэлэнэр. Ааптар тыла кыра буукубаттан саҕаланар.
       Онон сирэй саҥалаах этии оҥкула маннык:

           1. «С», — а. 2. «С?» — а. 3. «С!» — а.

         235. Этии оҥкулун торумнаа.

    1. «Кэл эрэ, Сэмэнчик, көмөлөс», — диэтэ ийэм.
2. Ийэм сибис гынна: «Аҕаҥ кэлэрэ чугаһаата, хайдах
эмэ гынан, тыаҕа түһэн, тиийэн сэрэт». 3. «Сылабаары
таһаара оҕус, туох үлүгэр буруолаттыҥ!» — диэтэ ийэм.
4. «Доҕоор, сааҥ иитиилээх дуо?» — диэтэ аҕам. (Нико-
лай Заболоцкай)

                                                                                                          121
   116   117   118   119   120   121   122   123   124   125   126