Page 116 - Саха тыла 5 кылаас
P. 116
222. Тиэкиһи аах. Тиэмэтин, ис хоһоонун толкуйдаа.
Ханнык аат сөп түбэһэрий? Тоҕо?
1. Чыс кутуйах.
2. Кыһын кыһалҕата.
3. Үчүгэй хаһаайын.
4. Үлэһит үтүөтэ.
Киэһэ-сарсыарда чыс кутуйах саҥата ойуур иһин толо-
рор. Кутуйах сыгынах анныгар сымнаҕас баҕайы күп-күөх
сиибиктэ мунньан хатарар. Ойуур саҕатыгар хороон хас-
тан, кыһыҥҥы дьиэтин бэлэмнэммит. Кубус-кураанах оту
илдьи кэбийэн, сып-сымнаҕас, сып-сылаас тэлгэх оҥосту-
бут. Уйатыттан ампаарга барар биэс-алта орох хастыбыт.
«Ампаарын» аайы от силиһин, бурдук куолаһын ыы-быч-
чары симэн хаһааммыт. Ол да буоллар кутуйах манан
дуоһуйбат. Саамай улахан тымныыга эрэ утуйар буолан,
кыһын устата сииригэр элбэх хаһаас наада.
(Иннокентий Сосин «Тыа саҕатыгар»)
223. Олорор уулуссаҥ, бөһүөлэгиҥ, куоратыҥ туһунан
өйтөн суруй. Тиэкискин ааттаа.
44 §. Судургу уонна холбуу этиилэр
224. Бу этиилэр туһааннарын уонна кэпсиирэлэрин бу-
луҥ.
1. Мин куруһуокка былы- 2. Итии сайын бүттэ, кө-
рыын киирбитим. мүс күһүн кэллэ.
3. Сотору оҕунан ытыыга 4. Тиэтэйбэтэх сыарҕа
күрэхтэһии ыытыллар. сыыр үрдүгэр тахсар, тиэ-
тэйбит сыарҕа сыыр анны-
116 гар хаалар.
(Өс хоһооно)