Page 114 - Саха тыла 5 кылаас
P. 114

Судургу этиини ырытыы оҥкула (бэрээдэгэ)

    1. Ханнык этииний?
    2. Этии тутаах чилиэннэрэ.
    3. Тэнийбит эбэтэр тэнийбэтэх этии.
    4. Этии ойоҕос чилиэннэрэ (этии тэнийбит буоллаҕы-
на).
    5. Биир уустаах чилиэн (ханнык чилиэн биир уустам-
мытый?)
    6. Туһулуу (баар буоллаҕына).

Тылынан ырытыы холобура

     Аралыйар халлааны
     Аалай кустук курдаата.

                                                  (Леонид Попов)

    Бу — сэһэн этии. Кустук — туһаан, курдаата — кэпсиирэ.
Ойоҕос чилиэннэрдээх, онон тэнийбит этии буолар. Хан-
нык кустук? Аалай — быһаарыы. Тугу курдаата? Халлаа-
ны — толоруу. Ханнык халлааны? Аралыйар — быһаарыы.

Суругунан ырытыы холобура

ханнык?  тугу?

Аралыйар халлааны

ханнык?

Аалай кустук курдаата.

         221. Этиини ырытан, билиигин чиҥэтэргэ, толкуйдуур
                 дьоҕургун сайыннарарга дьулус.

    1. Үлэ-үөрэх киһини толкуйдуурга үөрэтэр. 2. Күнүс
сөрүүн тыал хотуттан утары үрэрэ. 3. Кэрэ айылҕа ба-
рыбытын иһирэхтик уоскутар. 4. Тэбэнэттээх куобахтар
ойуурга ойуоккалаһа оонньууллар.

114
   109   110   111   112   113   114   115   116   117   118   119