Page 109 - Саха тыла 5 кылаас
P. 109

2. Күөх,       сибэккилэр.    — быһаарыы.
    кыһыл,                    — толоруу.
    маҥан      ааһыталаан
               истилэр.
3. Алаастары,
    тыалары

    Этии биир уустаах чилиэннэрэ биир тылга сы-
һыаннаһаллар уонна биир ыйытыыга хоруйдууллар.
Ханнык баҕарар чилиэн биир уустаах буолар.

207. Биир уустаах туһааны уонна кэпсиирэни булуҥ.

Сахалар, нууччалар,           Күөрэгэй ыллаата,
Эбээннэр, чукчалар            Күөх сааһы тыллаата,
Эйэни айабыт,                 Сүүрүктээх олоҕу алҕаата,
Дьолбутун тутабыт.            Сүрэҕи үөрүүнэн аҕаата.

              (Леонид Попов)                (Күннүк Уурастыырап)

    Ситим тыла суох биир уустаах чилиэннэр соппу-
туойунан арахсаллар. Уонна, итиэннэ диэн ситим
тыл баар буоллаҕына, соппутуой турбат.

 208. Уһул. Биир уустаах чилиэни аннынан тарт.

    1. Ийэ истиҥ, сылаас, кэрэ тылы оҕотугар сибигинэ-
йэр. 2. Саха сиригэр алмааһы, кыһыл көмүһү, таас чоҕу
хостууллар. 3. Уолаттар, кыргыттар ыллаан дьиэрэтэл-
лэр. 4. Отчуттар ходуһаҕа, алааска бугул бөҕөнү бачыгы-
раттылар.

                                                   109
   104   105   106   107   108   109   110   111   112   113   114