Page 111 - Саха тыла 5 кылаас
P. 111

213. Биир уустаах чилиэҥҥэ сурук бэлиэтин туруортаа.

    1. Кинээс ойоҕо уолугар Нээстээргэ тииҥ истээх сон
маҥан таба тыһа этэрбэс тиктэ. Дьааһык муҥунан арыы-
ны чохоону симнэ. 2. Сөдүөччүйэ кыыс Нээстээр үөрэ-
нэллэр үһү. Кинилэр, баай оҕолоро буолан, харандааста-
ра кумааҕылара сүр. Оттон миэхэ, саатар, хоруо тымтык
баҕалаах. 3. Сарсыҥҥытыгар аҕата сэниэ убайыгар көмө
көрдөһө сүбэлэтэ барда. (Суорун Омоллоон)

43 §. Туһулуулаах этии

         214. Ыҥырарга туттуллубут тылы эт.

    1. Күндү оҕолор! Үөрэх төрүттэрин дьаныардаахтык
баһылааҥ!

    2. — Ити ыҥырыыны, доҕоор, ылынаҕын дуо? — Ылы-
нымына, Сарыал: билиилээх киһини дьон сөбүлүүр ээ.

    3. Бырастыы эн, Кавказ, мин бардым
                 Муҥутуур Москуба куоракка.

                                                              (Күннүк Уурастыырап)

    Кими эрэ эбэтэр тугу эмэ аатын ааттаан ыҥырар
тылы туһулуу дэнэр.

    Туһулуу этиигэ үксүн соппутуойунан араарыллар.
Оттон күүскэ этиллэр туһулуу кэнниттэн күүһүрдүү
бэлиэтэ турар.

Вася, бүгүн аргыстаһан барыахпыт.   Т, . . . .
Бүгүн, Вася, аргыстаһан барыахпыт.  . . . , Т, . . . .
Бүгүн аргыстаһан барыахпыт, Вася.   . . . , Т.
Вася! Кэл манна.                    Т! . . . .
Т — туһулуу
                                                       111
   106   107   108   109   110   111   112   113   114   115   116