Page 108 - Саха тыла 5 кылаас
P. 108

1. Кураанах хамыйах айахха баппат. 2. Айан аргыһы
таптыыр. 3. Үчүгэй доҕор эмискэ көстүбэт. 4. Үтүө аат-
суол баайдааҕар ордук. 5. Көрсүө-сэмэй быһыы киһи-
ни киэргэтэр. 6. Сүрэхтээх киһи туохтан да маппат. (Өс
хоһоонноро)

 204. Этиини ырыт.

    I. Онуоха Улуу тойон олустук уордайбыт. Онтон ыла
элиэ кулуннуу кистиир, собулҕаны тоҥсуйар. (Остуору-
йаттан)

    II. Ким бэйэтин иһигэр таҥастааҕый? Үрүҥ суха хара
сиринэн сүүрэр үһү. Соҕуруу дойдуттан тоҕус чохочу кэл-
бит үһү.

42 §. Биир уустаах чилиэннээх этии

 205. Ааҕаргар таба интэнээссийэлээн саҥар.

    1. Саха сиригэр сахалар, нууччалар, эбэҥкилэр, эбээн-
нэр, чукчалар, дьүкээгирдар олороллор. 2. Хонууга күөх,
кыһыл, маҥан сибэккилэр үүммүттэр. 3. Айанньыттар
киэҥ алаастары, халыҥ тыалары ааһыталаан истилэр.

206. Этии оҥкулун өйдөөн көр уонна ыйытыыга эппиэт-
        тээ. Биир уустаах чилиэннэр ханнык ыйытыыга
        хоруйдуулларый? Ханнык чилиэҥҥэ сыһыаннаһал-

        ларый?

    1. Сахалар,       олороллор.  Биир уустаах
        нууччалар                 чилиэн:
        эбэҥкилэр
        эбээннэр,                         — туһаан.
        чукчалар,
        дьүкээгирдэр

108
   103   104   105   106   107   108   109   110   111   112   113