Page 112 - Саха тыла 5 кылаас
P. 112
215. Сэһэн этиини ыйытыы эбэтэр соруйуу этиигэ ула-
рыт. Туһааны туһулуу оҥор, сурук бэлиэтин туруор.
Толоруу холобура: Оҕолор күрэхтэһиигэ бэлэмнэнэл-
лэр. — Оҕолоор, күрэхтэһиигэ бэлэмнэнэҕит дуо?
1. Сотору хайыһар сүүрүүтүгэр күрэхтэһии буолар.
2. Хайыһардьыттар күн аайы эрчиллэ бараллар. 3. Ол
иһин Костя дьиэтээҕи үлэтин эрдэттэн толорор. 4. Оттон
Лиза быыс булан кыра оҕолорго көмөлөһөр. 5. Кылаас-
пыт кинилэр кыайыыларынан киэн туттуо.
216. Туһулууну туһааҥҥа кубулут. Этии тутаах чилиэнин ан-
нынан тардан көрдөр.
1. Оҕолоор, түргэнник баран кэлиҥ. 2. Вася, кылаас
аанын сап. 3. Рита, балтыгын таҥыннар эрэ. 4. Василий
Петрович, куоракка мунньахха киирэҕин дуо? 5. Зина,
оҕону оҕо саадыттан хойутаппакка аҕалаар. 6. Доҕот-
тоор, бастаан үчүгэйдик үлэлээҥ, ол кэнниттэн, дьэ, көх-
төөхтүк оонньооҥ.
217. Бу тыл ситимнэрин туһулуу оҥорон, этиилэрдэ су-
руй.
Ытыктабыллаах кырдьаҕастар; күндү көрдөөх доҕот-
торум; эдэр чэгиэн ыччаттар; сирэм күөх алааһым ба-
рахсан.
218. Туһулууга сурук бэлиэтин туруор.
1. Эмээхсиэн миэхэ колобуокта астаан кулу. 2. Коло-
буок колобуок мин эйигин сиэн кэбиһиэм. 3. Колобуок
колобуок эйигин сиэн кэбиһиэм! 4. Суох Одьоо Харах
эн миигин кыайан сиэҥ суоҕа. 5. Сур бөрө миигин сиэ-
мэ. 6. Колобуок колобуок мин эйигин сиэм! 7. Дорообо
112