Page 107 - Саха тыла 5 кылаас
P. 107
201. I. Этии чилиэнин туһунан бэриллибит былаанынан
кэпсэтиһиэҕиҥ.
1. Этии тутаах чилиэннэрэ:
Туһаан диэн тугу ааттыыбытый?
Кэпсиирэ диэн тугуй? Туһааҥҥа көмөлөөх дуо?
Икки тутаах чилиэн ханнык этиини үөскэтэрий?
Холобурдаа уонна тутаах чилиэннэри арааран эт.
2. Этии ойоҕос чилиэннэрэ:
Быһаарыы диэн тугу ааттыыбытый?
Толоруу диэн тугуй?
Сиһилии диэн тугуй? Быһаарыыттан, толорууттан туох
эмэ уратылаах дуо?
Этии ойоҕос чилиэннэрин тоҕо туттабытый?
Лаппа тэнийбит этии хас чилиэннээх буолуон сөбүй?
Холобурда аҕал уонна онно ханнык ойоҕос чилиэн
баарын быһаар.
II. Ханнык истииллэр баалларый?
Кэпсэтии истиилигэр холобурдаа (успуорт, киинэ,
биэчэр уо.д.а. туһунан).
202. Устуҥ. Этии чилиэнин болдьох бэлиэнэн тардыҥ.
Маай — кыра уол. Кини билигин үөрэммэт. Аҕата —
булчут. Кини тыаҕа сылдьар. Кырсаны, саһылы, бөрөнү
бултуур. Бэйэтэ хайыһарынан, табанан сылдьар. (Суорун
Омоллоон)
203. Саҥа чааһынан уонна этии чилиэнинэн ырытыҥ.
аат аат сыһыат туохт.
Толоруу холобура: Саргы ырыаны иэйиилээхтик ыллыыр.
107