Page 102 - Саха тыла 5 кылаас
P. 102

187. Устуҥ. Быһаарыыны уонна толорууну аннынан
                 тардыҥ.

    Оҕолор бүгүҥҥү уруоктарын кэнниттэн олорор мөссү-
йүөннэригэр тиийдилэр. Үрдүк нүксүгүр киһи ураа лаҥ-
кыр муостаах улахан ат оҕуһу сиэтэн турар. Көрөөт, Ньур-
гун Сомоҕоллойу биллэ.

    Сомоҕоллой биэс бууттаах барчаҕы ас ампаарыгар
илдьэн укта. Онтон сүүнэ улахан көҕүс аҥаарын чэпчэки
баҕайытык көтөҕөн ылла.

    Иһиччит Байаҕантай үтүө туоһунан араас кэрэ иһити
оҥорор. Ону чугас ыаллара аска-үөлгэ туттан абыранал-
лар. (Болот Боотур)

 188. Бэриллибит тыл ситимнэрин этиигэ киллэр, толорууну
         аннынан тарт.

    Бэһис кылааһы, сарсыардааҥҥы саһарҕанан, алаастаа-
ҕы ыалбытын, кыстыыр көтөрдөртөн, сурукта суруйаар.

 189. Бу тыллары толоруу оҥорон, биэс этиитэ суруйуҥ. Маны
         барытын биир-икки этиигэ киллэриэххэ сөп дуо?

    Сарсыарда, чэбдик салгын, чыычаах ырыата, үтүө
айылҕа, төрөөбүт оскуолам.

 190. Бэргэн этиини устуҥ. Толорууну ситимнэһэр тылын
         кытта анал бэлиэнэн тардыҥ.

                        1. Хаамар киһи
                            Хара тыаны уҥуордуо.
                                                                        (Леонид Попов)

                        2. Хотой хайҕанар
                                           хоһуунунан,

                            Кустук — арылхай өҥнөрүнэн.
                                                                      (Семён Данилов)

102
   97   98   99   100   101   102   103   104   105   106   107