Page 97 - Саха тыла 5 кылаас
P. 97

II

                                            ЫҺЫАХ

    Үөрэх бүтэрин кытта мин эбэм, эһэм аахха тыаҕа
барбытым. Сыл аайы сайыны тыаҕа атаарабын. Дэриэ-
бинэҕэ доҕор-атас да элбэх. Эбэбэр дьиэ ис-тас үлэти-
гэр көмөлөһөбүн, күнү быһа төттөрү-таары сүүрэн тахса-
бын. Сорох күн оҕолору кытта сөтүөлүү, балыктыы бар-
сабын. Күн аайы дуоһуйа утуйабын. Сарсыарда туран
эбэм күөрчэҕин тото сиибин.

    Бэс ыйын 21 күнүгэр ыһыах буолбута. Ыһыахха күнү
быһа сылдьан оонньууну-көрү көрбүппүт.

    Сотору от үлэтэ кэлбитэ. Мин эһэбин кытта окко сыл-
дьыбытым. Самаан сайын биллибэккэ бүтэн хаалбыта
хомолтолоох.

                 Этии тутаах чилиэнэ

          38 §. Туһаан уонна кэпсиирэ

         174. Туһааны уонна кэпсиирэни булуҥ.

                          Сирэмнээх кырдалга
                          Сибэкки кытыастар.
                          Тыаларга, аларга
                          Чыычаахтар ыллыыллар.

                                                              (Күннүк Уурастыырап)

           Туһаан этиигэ ким-туох туһунан этиллэрин бэлиэ-
       тиир. Ким? Туох? диэн ыйытыыга хоруйдуур. Кус бы-
       һый, ат бөҕө Куонаан от охсон куһуйар.

           Кэпсиирэ туһаан туһунан туох этиллэрин көрдө-

                                                                                                            97
   92   93   94   95   96   97   98   99   100   101   102