Page 92 - Саха тыла 5 кылаас
P. 92

161. Сэһэн этиини ыйытыы уонна күүһүрдүү этиилэргэ кубу-
         лутуохха сөп дуо? Табатык интэнээссийэлээн ааҕыҥ.

            Толоруу холобура: Илгэлээх ардах түһүө. Илгэлээх ар-
       дах түһүө дуо? Оо, үөрдэхпиин, илгэлээх ардах дьэ түстэ!

    1. Күүтүүлээх саас кэллэ. 2. Аҕам куораттан миэхэ су-
рук суруйбут. 3. Бүгүн биһиги айылҕаҕа сынньана ба-
рабыт. 4. Убайым маҕаһыынтан саҥа кинигэни аҕалыа.
5. Кыһамньылаах оҕолор кылаастарын үчүгэйдик тах-
сыыһылар.

         162. Тиэкиһи этиигэ араар. Саҥа этиини улахан бууку-
                 баттан саҕалаа. Сурук бэлиэтин туруораргын ум-
                 нума.

    I. Сайыҥҥы киэһэ буолла сир ийэ силигилээн турар
оҕолор оонньуу сылдьаллар Манчаары субу-субу илин
диэки одуулаһар бүгүн икки хараҕа суох остуоруйаһыт-
кэпсээнньит оҕонньор хоно кэлиэхтээх Манчаары кинини
күнүс ыалга көрсөн ыҥырбыта бу оҕонньор кэпсээнин
Манчаары олус таптыыр-кэрэхсиир (Софрон Данилов)

            Х о с б ы һ а а р ы ы: Сурук бэлиэтэ тиэкиһи сөп-
       кө ааҕарга, үчүгэйдик өйдүүргэ көмөлөһөр. Алларааҥҥы
       лоскуйу ис хоһоонноохтук ааҕарга кыһан. Сурук бэлиэтэ
       суоҕа хайдаҕый?

    II. Аҕалара биир куоска оҕотун аҕалбыта тоҕо аҕалбы-
тын бэйэтэ да билбэт ээ кырдьык даҕаны арба куосканы
үчүгэй эҥээрдээх дьиэҕэ ымыы буолар дииллэрэ этэ дуу
ийэлэрэ уларыйа түспүтэ чээн бу бу эрэйдээҕи

    Ону көрөн Шурка хаһыытыы түстэ ээ Мээчик Мээ-
чик Мээчик диэххэйиҥ саҥатыгар да маарынныыр мээ-у
мээ-у диэччи буолбат дуо Мээ-чик диэбит курдук бэйэтэ
ити мээчик курдук тэйиэккэлиир дии. (Василий Яковлев)

92
   87   88   89   90   91   92   93   94   95   96   97