Page 95 - Саха тыла 5 кылаас
P. 95

170. Бэлиэтэммит тыл ситимэ ханнык саҥа чааһынан
       бэриллибитин быһаарыҥ.

                          Ыаҕаһынан үүтү
                          Күүгүнэччи ыаҕым,
                          Биэдэрэнэн үүтү
                          Бидиличчи ыаҕым.

                                                  (Бүөтүр Тобуруокап)

         171. Айар сорудах. Бэриллибит тыл ситимин туһанан,
                 кэпсээннэ айыҥ.

    Тыаҕа таҕыста, сайыҥҥы тыа, мутукча сыта, моҕотойу
көрдө, тииккэ таҕыста, маһынан бырахта, түһэн куотта,
моҕотойу эккирэттэ, билбэт сирэ, наһаа куттанна, нэһии-
лэ булла, олус үөрдэ.

         172. Тыл оонньуута.

            1. Ыт омуоньум тылтан уонна итинтэн үөскээбит
       ыттар халыыптан тыл ситимин оҥоруу. Элбэх ситими
       эппит булугас өйдөөх аатын ылар. Холобур: мин ытым,
       бэргэнник ытар ...

            2. Талбыт тылга атын-атын тылы эбэн, утум-ситим
       салҕаан иһии. Элбэх сөптөөх тыл ситимин айбыт киһи
       кыайар. Холобур: дьиэ: ыал дьиэтэ, ыал оҕолоох, кыра
       оҕо, сааһынан кыра ...

                         Ситимнээх саҥа

                37 §. Тиэкис тиэмэтэ

           Тиэкискэ ким, туох туһунан этиллэрэ тиэмэтэ
       дэнэр. Тиэкис тиэмэтэ үксүн аатыгар бэриллэр.

                                                                                                            95
   90   91   92   93   94   95   96   97   98   99   100