Page 93 - Саха тыла 5 кылаас
P. 93

163. Айар сорудах. Кыһын туһунан хас да этиитэ өйтөн
        суруйуҥ. Бу тыллары туһаныаххын сөп: кыһыҥҥы,
        түптэлэс тымныы, аан туман, үллүк хаар, аҕыс
        ыйдаах кыстык.

36 §. Тыл ситимэ

164. Этиини уонна тыл ситимин тэҥнээн көрүҥ. Этиини
       тыл ситиминэн араарыыны болҕойуҥ.

Бүгүн бэһис уруокка      Бэһис уруок.
саҥа кэпсээни аахтыбыт.  Саҥа кэпсээн.
                         Бүгүн аахтыбыт.
                         Уруокка аахтыбыт.
                         Кэпсээни аахтыбыт.

165. Бу ойууларга тыл ситиминэн аатта биэр.

    Барамай аата биир тылынан бэриллэр: кинигэ.
Тыл ситиминэн ааттыырга икки тыл туттуллар: ааҕар
кинигэ, саҥа кинигэ, улахан кинигэ, үчүгэй кинигэ,
интэриэһинэй кинигэ уо.д.а. Биир уонна икки тылы-
нан ааттааһын уратылаах эбит дуо?

    Этиигэ тыллар бэйэ-бэйэлэрин кытта ситимнэһэн
туттуллаллар. Оннук икки тыл ситимнэһиитин тыл си-
тимэ дэнэр. Тыл ситимэ этии иһинэн туттуллар.

    Тыл ситимигэр биир тыл атын тылга баһылатар.
Баһылыыр суолталаах тыл тутаах тыл дэнэр. Оттон

                                                                                                    93
   88   89   90   91   92   93   94   95   96   97   98