Page 96 - Саха тыла 5 кылаас
P. 96
Тиэкис тиэмэ ис хоһоонун арыйар. Тиэмэ толо-
ру арыллыбыт буоллаҕына, тиэкиһи киһи кэрэхсээн
ааҕар, үчүгэйдик өйдүүр. Оттон тиэмэни уопсай ты-
лынан, онтон-мантан, быстах-остох сырдатар тиэ-
кис эмиэ баар буолар. Ол барыта кэпсиир, суруйар,
айар киһиттэн (ааптартан) тутулуктаах. Холобур, кы-
лаас оҕото бүттүүн биир тиэмэҕэ тиэкис суруйар, ол
гынан баран ис хоһоонунан тус-туспа буолан тахсыан
сөп.
173. Икки тиэкиһи аах. Аатын кытта ис хоһоонун тэҥ-
нээн көр. Туох итэҕэс баар дии санаатыҥ, хайа тиэ-
кис тиэмэтэ толору арыллыбытый?
I
СҮҮТҮК
Сүүтүк — сайын ороһулаан төрөөбүт тыһы ньирэй. Олус
кыратын иһин Сүүтүк диэн ааттаабыттар.
Сүүтүк ийэтин курдук ураанньыктаах, бүтэй кугас дьү-
һүннээх. Хап-хара хараҕа төгүрүк, кыламана уп-уһун. Та-
ры-таллаҕар кулгааҕа чөп-чөрөҥнөс. Сүүрэкэлээтэҕинэ,
кып-кыракый туйаҕын тыаһа биир кэм тоһугураа да тоһу-
гураа буолар.
Пиэрмэ ньирэйдэрэ бары Сүүтүктээҕэр улаханнар.
Бары бэйэлэрэ хоруудаттан хааһы сииллэр, ыраах мэч-
чийэн кэлэллэр. Оттон Сүүтүк хааһыны сатаан сиэбэт,
ыаммыт үүтү суосканан иһэр. Хотоҥҥо соҕотоҕун хаалар
да, онтон соччо хомойбута биллибэт. Иччитин көрдөр
эрэ ойон турар. Тылын былтаҥната-былтаҥната батыс-
пытынан барар.
(Ф. Филиппов «Чүүчүк уонна Сүүтүк»)
96