Page 89 - Саха тыла 5 кылаас
P. 89

СИИНТЭКСИС
УОННА СУРУК БЭЛИЭТЭ

           Сиинтэксис — тыл үөрэҕин биир дьоһуннаах са-
       лаата. Сиинтэксис этиини уонна тыл ситимин үөрэ-
       тэр. Саҥарар саҥа, тиэкис сиинтэксиһинэн иилэнэр-
       саҕаланар.

           Киһи тыл көмөтүнэн бодоруһар. Онуоха биирдэм
       тыл хайдах суолталанара, уларыйара, этиллэрэ са-
       ҥарар саҥаҕа, тиэкискэ толору көстөр. Ону бары-
       тын сиинтэксис быһаарар. Онон бу үөрэх киэҥ ис
       хоһоонноох, олоххо улахан туһалаах.

              35 §. Этии. Этии арааһа

           Хас да тыл ситиминэн ситэриллибит санааны биэ-
       рии этии дэнэр. Этии сиинтэксис тутаах өлүүскэтэ
       буолар. Арыт этии биир тылынан да бэриллэр.

           Күһүн. Балаҕан ыйын 1 күнэ. Оскуола бырааһын-
       ньыктыы киэргэтиллибит. Манна үс этии баар. Балар
       тус-туһунан ситэриллибит санааны бэлиэтииллэр,
       сөптөөх тутуллаахтар, анал этиллиилээхтэр.

         157. Бэриллибит тыллары аахтахха, чопчу өйдөбүллээх
                 ситэриллибит санааны биэрэллэр эбит дуо? Тыл-
                 лары сөпкө ситимнээн, түөрт этиитэ оҥор. Этии
                 тус-туспа тыллартан туох атыннааҕын быһаар.

    1. Көмөлөс, сайын, ийэ, оҕуруот, биһиги. 2. Сыыр,
саас, оҕолор, түһэ, оонньоо, хайыһар. 3. Куорат, Дьокуус-

                                                                                                            89
   84   85   86   87   88   89   90   91   92   93   94